top of page

Новые книги

Федотова, Мария Прокопьевна.

Таптал күүһэ : роман : икки чаастаах / Мария Федотова-Нулгынэт. – Дьокуускай : Айар, 2022. - .

 

Айымньы автобиографическай хабааннаах суруллубут буолан, ааҕарга олус умсугутуулаах. Ааптар Бүлүү педучилищетын бүтэриэҕиттэн кэлиҥҥи кэмҥэ дылы олоҕуттан ойууланар түгэннэрэ ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара. Кинигэ сүрүн дьоруойа киһи барахсан бу Орто дойдуга дьоллоох-соргулаах олоҕу олороору айыллан кэлэрин, олох сүрүн сүнньүтэ – таптал буоларын итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.

Ромаҥҥа Нулгынэт өбүгэлэрин мүччүргэннээх сырыылара ахтыллар, ойууннар, удаҕаннар кыырыылара, тойуктара киирдилэр. Ону тэҥэ кинилэр кэлэр кэскили, олоҕу-дьаһаҕы көрүүлэниилэрэ, кэнчээри ыччаттарыгар анаан хаалларбыт алгыстара айымньыны киэргэтэллэр.

 

Егоров, Виталий Михайлович. Баронесса и мертвец : повесть, основанная на реальных событиях / Виталий Егоров. – Якутск, 2022. – 176 с.

Заплутавший во время зимней вьюги фермер находит в лесу нечто, похожее на труп человека и сообщает об этом в милицию. Оперативный работник уголовного розыска Алексей Артемов выезжает на место происшествия, но не обнаруживает ни трупа, ни следов, указывающих о совершенном преступлении. Сыщик оказывается перед трудной дилеммой — было ли здесь совершено убийство, или же все это причудилось умирающему от холода фермеру. Несмотря на скепсис своих коллег, он продолжает целенаправленно искать мифического мертвеца. Впереди сыщика ждут много событий и приключений и, когда он доходит до истины, то понимает, что это дело является для него судьбоносным

Сардаана (Корякина Сардаана Александровна). Күтүөккэ хомолто : сэһэн, кэпсээннэр /Сардаана. — Дьокуускай : Айар, 2022. – 128 с.

Олох киэҥ аартыгар саҥардыы үктэммит эдэр киһи тус дьылҕатын эрдэттэн өҥөйөн көрбөт. Иннигэр туох күүтэрин хантан билээхтиэй? Оттон ырыанан эрэ үйэтин моҥообут эмиэ суох. Ол иһин КИҺИ дьылҕата уонна олоҕо куруук сүрүн болҕомтону эрэйэр…

Бу сырыыга иэдээннээх тургутуулары ааһан, биир да түгэҥҥэ сынтарыйбакка, сыччах үтүөҕэ эрэ эрэлинэн сирдэтэн, олоҕун оһуорун бэйэтэ ойуулаабыт эр киһи киилин, тулуурун, күүстээх санаатын туһунан сэһэн дууһаны долгутар, сүрэҕи ытатар…

Киһи тыыннааҕын тухары эрэлин сүтэрбэтэ тиһэҕэр булгуччу сырдык, тардыылаах, дьол кыымын ыспахтыыр күүстээх буоларын ааҕааччы бу кинигэттэн итэҕэйиэ.

Картузов, Егор Егорович.

Ытык иэс : кэпсээннэр / Егор Картузов-Чоруун. – Дьокуускай : Айар, 2022. – 128 с.

 

Бу кинигэҕэ ааптар уол оҕо олоххо араас моһоллору көрсөн, эриллэн-мускуллан, буһан-хатан дьиҥнээх эр бэрдэ, уолу хаан буолан уһаарыллан тахсарын итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.

Егор Картузов кэпсээннэрин олоххо буолбут түбэлтэлэргэ олоҕуран суруйбут буолан, сытыы сюжеттаах, тыҥааһыннаах айымньылар ааҕааччы интэриэһин тардыахтара.

Тумарча. Алмаас уонна көмүс кистэлэҥнэрэ : [сэһэннэр] / Тумарча. —  Дьокуускай : Бичик, 2020. – 176 с.: ил.

Тумарча историческай-документальнай хабааннаах сэһэннэригэр Саха сиригэр алмаас көрдөөһүнүн бастакы сылларын, көмүс кистэлэҥин, эспэдииссийэ сыралаах үлэтин туһунан баар чахчыларга олоҕуран суруйар. Күндү таастары көрдөөһүн, булуу араас ыарахаттары, олох эриирин-мускуурун, хорсун быһыыны эрэйэр. Ааптар киһи киһиэхэ сыһыанын, үлэҕэ бэриниилээх буолууну, олох очурдарын ырылхайдык арыйар.

Макеев, Данил Николаевич. Кыргыс толоонугар көрсүһүү : кэпсээннэр, тылбаастар / Данил Макеев. — Дьокуускай : Айар, 2022. – 192 с.

         Кинигэҕэ сэрии ыар сылларыгар олох ыарахаттарын, хоргуйууну саха дьоно киһи бодотун сүтэрбэккэ, тус бэйэлэрин кыһалҕаларын умнан туран, биир сомоҕо күүһүнэн фашистскай халабырдьыттары утары охсуһан улуу  кыайыыны уһансыбыттарын туһунан кэпсээннэр уон на араас суруйааччылар айымньыларын тылбаастара киирдилэр. Билиҥҥи муунтууйу кэмигэр бу айымньылар эдэр ыччакка кытаанах санааланарга, дойдуга бэриниилээх, хорсун-хоодуот буоларга үтүө холобур буолаллар.

Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ / хомуйан оҥордулар : А. С. Тимофеева, Л. А. Барашкова-Федорова ; бырайыак авт. А. С. Тимофеева ; Б. Ф. Неустроев-Мандар Уус [уо.д.а.] уруһуйдара ; Е. А. Уран [уо.д.а.] хаартыскалара ; кинигэ таһыгар П. Е. Дегтярева-Боккуойа алгыһа. – 2-с таһаарыы. — Дьокуускай : Айар, 2022. – 192 с.: ил.

Кинигэттэн саха дьоно, ыччата олоххо улахан суолталаах уларыйыыларга (уруу, оҕолонуу, дьиэ туттуу уо.д.а.) туох-ханнык сиэри-туому тутуһуохтааҕын билиэҕэ, өбүгэ үөрүйэҕинэн кэлэр кэмҥэ туох күүтэрин сылыктаан көрөргө, инникини торумнуурга үөрэниэҕэ. Ону таһынан манна эр киһи байанайдаах, дьахтар толору сандалылаах, дьиэ кэргэн чэгиэн-чэбдик буоларыгар, оҕону иитиигэ, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи көрүүгэ-истиигэ быһаччы сүбэлэр киирдилэр.
Омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр, өбүгэбит үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит үгэстэрэ, өйүн-санаатын сүмэтэ, олоххо-дьаһахха үөрүйэҕэ, өйүн-санаатын түмүллүбүт хомуурунньуга бүгүҥҥү саха ыалыгар күннэтэ туһанар кинигэнэн буолуоҕа.

Басыгысова, Анна Петровна. Саха сирин эмтээх  үүнээйилэрэ / А. П. Басыгысова. – 2-с эбиилээх таһаарыы.  – Дьокуускай : Айар, 2022. – 160 с.: ил.

Ааптар өр сылларга эмтээх үүнээйилэри үөрэтэн, үүннэрэн, онуоха олоҕуран, норуот медицинатыгар киэҥник туттуллар Саха сиригэр үүнэр уонна үүннэриллэр 51 эмтээх үүнээйи туһунан суруйар. Хас биирдии үүнээйи кылгас морфологията, ону сэргэ үүнээйини хомуйуу, куурдуу, харайыы көрүҥнэрэ, эмтээх препараттары оҥоруу сүрүн ньымалара, кээмэйдэрэ, ханнык ыарыыларга туһаныллара кэпсэнэр.

Лекарственные растения Якутии : сбор, выращивание, рецепты / В. В. Семенова, Н. С. Данилова, С. З. Борисова [и др.] ; отв. ред. А. В. Кононов. – Якутск : Айар, 2022. – 368 с.: ил.

В книгу включены 190 видов лекарственных растений, используемых в научной и народной медицине, произрастающих и выращиваемых в Якутии. Даны краткие сведения о морфологии, распространении, физико-химическом составе, рецептах использования, выращивании на приусадебных участках, о сроках и способах заготовки лекарственных растений.
Отлично согреют прохладными вечерами, помогут побороть наступающую простуду, укрепить организм и сделать его сильнее для борьбы с новыми агрессивными вирусами травяные чаи, целебные напитки, питательные смузи, которые легко приготовить в домашних условиях.

Саха фольклора : таабырын, өс хоһооно, чабырҕах, алгыс, остуоруйа, үһүйээн, номох / хомуйан оҥордо А. С. Тимофеева ; худ. Р. К. Марков ; киирии тылы суруйда Л. С. Ефимова. – Дьокуускай : Айар, 2022. – 144 с.: ил.

Былыргы үйэҕэ өбүгэбит тыйыс дойдуга олорор буолан кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырын таайсара, оҕотугар-уруутугар остуоруйа айан кэпсиирэ, улуу дьонун хорсун быһыытын эбэтэр дьикти-дьиибэ түбэлтэни балаҕантан балаҕаны кэрийэн сэһэн оҥосторо. Онтон ыла норуоппут уус-уран айымньыта уостан уоска түһэн чочуллан, киэргэйэн күн бүгүҥҥэ тиийэн кэлэн саха норуотун туохха да тэҥнэммэт күндү баайа буолар.
Бу кинигэҕэ саха фольклорун саамай сүмэтэ таҥыллан киирдэ: үһүйээн, номох, остуоруйа, чабырҕах, алгыс, өс хоһооно, таабырын. Ону сэргэ, QR-коду туһанан В. Исаков толоруутугар «Эрбэхчэй Бэргэн» олоҥхо бастакы чааһын истиэххэ сөп.

Максим Кирович Аммосов и некоторые вопросы строительства Якутской АССР / сост. А. И. Еремеев. – Якутск : Айар, 2022. – 216 с.: ил.

Издание, приуроченное 125-летию со дня рождения одного из основателей и первых руководителей республики Максима Кировича Аммосова и 100-летию образования Якутской АССР, отражает работу Пятого Всеякутского съезда Советов, который проходил в знаменательное время, в феврале 1927 года – в год пятой годовщины автономии республики. Это годы взлета в политической карьере Максима Аммосова – яркой неординарной личности, выдающегося руководителя, председателя Совета Народных Комиссаров республики, председателя Центрального Исполнительного Комитета Якутской АССР, I секретаря Западно-Казахстанского, Карагандинского областных комитетов Казахстана, I секретаря ЦК КП(б) Киргизской ССР, делегата I, IV, V Всеякутских съездов Советов, члена ЯЦИК I, II, III, IV, V съездов, делегата XI Всероссийского, II, III Всесоюзных съездов Советов, кандидата в члены Совета Национальностей ЦИК СССР.

bottom of page